Бүгүн о.э. алтынньы 22 күнүгэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт ийэлэригэр, дьиэ — кэргэттэригэр, соҕотох олорор кырдьаҕастарга «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» девиһинэн сиэттэрэн күргүөмүнэн муус ылыытыгар субуотунньукка көхтөөхтүк кыттыбыт школа, детсад, ЖКХ, МПЧ, технопарк, кулууп, администрация коллективтарыгар, Сивцев С.Л., Алексеев А.А., Алексеев П.М., Атласов Г.В., Ефимов А.Т. Тимир көлөлөөх: Илларионов Д.В., Сивцев М.П, Соловьев А.П., Прядезников В.Д, Акимов С.П. уонна Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторугар уу харчынан көмөҕүт иһин улахан махталбытын тиэрдэбит.
Бу курдук нэһилиэк дьаһалтата, тэрилтэлэр, олохтоохтор былааннаахтык үлэлэһэн, биир саамай тыын боппуруоһу нэһилиэккэ быһаараллар, онон аҕам саастаах дьон уонна дьиэ кэргэттэр нус-хас олороллоругар баһаам көмө тэриллэр.
Инникитин да маннык үлэ5э көхтөөх, биир санаанан салайтаран сылдьыахха, сайдыахха, барыгытыгар этэҥҥэ буолууну.









