Сэтинньи 4 күнүгэр Дүпсүн нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах «Эйэ, доҕордоһуу, сомоҕолоһуу» диэн улахан бырааһынньыктааҕы кэнсиэр «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Бу бэлиэ күҥҥэ нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ уонна айар коллективтара олус көхтөөхтүк кытыннылар.Кэнсиэр эйэлээх, сомоҕолоһуулаах буолуу чаҕылхай көстүүтэ 15 Союзнай республикалар танастарын кэтэн оскуолабыт алын сүһүөҕүн кылааһын оҕолорун үҥкүүлэринэн саҕаланна.Олохтоох библиотека үлэһитэ Прасковья Сивцева көрөөччүлэргэ викторина ыытта, кыайыылаахтарга бэлэх туттартаата.Оҕо саас аптаах эйгэтин арыйар, кэрэни эрэ кэрэхсиир умсулҕаннаах “Карнайдаах уол”диэн остуоруйаны Дүпсүн орто оскуолатын коллектива… (читать далее)


